Говоров Дмитрий Михайлович - олонхоһут Миитэрэй (1848-1942)

Саха сиригэр киэҥник биллибит олоҥхоһут. Итини таһынан тойуксут, сэһэнньит. ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ. Дьокуускайга, Бүлүүгэ, Верхоянскайга, Булуҥҥа, Бодойбоҕо, Дьааҥыга, Аляскаҕа тиийэ сылдьыбыт. Олоҥхолуурга Иван Охлопков-Чочойбох үөрэппит. «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхото 1938 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ, 2003 с. Е.С.Сидоров нууччалыы тылбааһынан «Непобедимый Мюльджю Беге» диэн кинигэнэн таҕыста. Олоҥхото: 1. Эҥсилгэннээх сырыылаах, илбистээх итир былыт аттаах эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр Эрбэхтэй Бэргэн. Данилов Г.В. 1930 с. суруйбут. 2. Мүлдьү Бөҕө 1937 с. (5 ф., 7 уоп., 128/80/дь. 5 ф., 7 уоп., 30 дь.) 3. Мүлдьү Бөҕө. Бояров А.Ф. 1935 с. суруйбут. (5 ф., 7 уоп., 28(80)дь.) Сидоров Е.С. тылбааһа «Непобедимый Мюльджю Беге» Дьокуускай, 2003 с. 4. Хахсааттыыр Хардаҥ Буурай уола Үөлэн Хардааччы. 1938 с. суруллубут, ким суруйбута чуолкайа суох. (5 ф., 7 уоп., 123(22) дь.) 5. Баһымньы Баатыр. 6. Хаан Дьааһын. 7. Кыыс Ньургун. 8. Эрбэхтэй Бэргэн. Данилов Г.В. 1942 с. суруйбут. (5 ф., 7 уоп., 58(80) дь.) 9. Эрбэхтэй Бэргэн. Говоров И.М. 1938с. суруйбут. (5 ф., 7 уоп., 29(77) дь.) 4-с, 5-с, 6-с олоҥхолор репертуар испииһэгэр бааллар. 1. Д.М. Говоров. Эрбэхтэй Бэрг^н / / Творчество якутского народа, — Якутск, 1942. — С. 29 — 35. 3